Сүрүн матырыйаалларга көс

Кэргэммин Табитаны кытта үтүө сураҕы тарҕата сылдьабыт

БИИБИЛИЙЭ ОЛОҔУ УЛАРЫТАР

Мин Таҥара суох дии саныыр этим

Мин Таҥара суох дии саныыр этим
  • ТӨРӨӨБҮТ СЫЛА: 1974

  • ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУТА: ГДР

  • УРУККУТА: АТЕИСТ

УРУККУ ОЛОҔО

Мин Германскай Демократическай Республика (ГДР) сиригэр баар Саксония кыракый дэриэбинэтигэр төрөөбүтүм. Дьиэ кэргэммит олус иллээх этэ. Төрөппүттэрим миигин сиэр-майгы үрдүк нуормаларынан ииппиттэрэ. ГДР коммунистическай дойду буолан олохтоох дьоннор, уопсайынан ыллахха, Таҥараҕа итэҕэйбэт этилэр. Мин эмиэ Таҥара суох дии саныыр этим. Мин 18 сааспар диэри атеизм уонна коммунизм идеяларынан иитиллибитим.

Коммунистар дьоннор бары тэҥнэр диэн үөрэтэллэр этэ. Мин ону сөбүлүүр этим. Дьадаҥылар уонна баайдар суох буолалларын туһугар баайы-дуолу тэҥҥэ үллэриэххэ наада дии саныыр этим. Ол иһин мин эдэр ыччаттар коммунистическай тэрилтэлэригэр киирбитим. 14 сааастаахпар тулалыыр эйгэни харыстыыр уонна кумааҕыны хомуйар үлэҕэ кыттыбытым. Ауэ диэн кыра куорат олохтоох былааһа миэхэ оннооҕор куорат бочуоттаах гражданина диэн ааты иҥэрбитэ. Төһө да сааспын ситэ илик буолларбын ГДР биллиилээх сорох политиктарын кытта билсибитим. Мин олоҕум сыаллара сөптөөхтөр уонна инниким кэскиллээх диэн итэҕэйэр этим.

Ол эрээри эмискэ барыта уларыйбыта. 1989 сыллаахха Берлин истиэнэтэ урусхалламмыта уонна ону кытта Илин Европа коммунистическай дойдулара ыһыллыбыттара. Бу кэнниттэн мин өйбөр-санаабар улахан уларыйыылар тахсыбыттара. Сотору кэминэн ГДР-га элбэх баттабыл баарын билбитим. Холобур, коммунистары өйөөбөт дьоннору киһинэн аахпат этилэр. Хайдах оннук буолуон сөп этэй? Оччоҕо коммунистар дьоннор бары тэҥнэр диэн үөрэтэллэрэ сымыйа дуо? Мин онтон улаханнык кэлэйбитим.

Мин олохпун тосту уларытарга санаммытым. Музыканан уонна искусствонан дьарыктанарга быһаарыммытым. Музыкальнай училищены бүтэрбиппин кэннэ миэхэ университекка киирэр кыах баар этэ. Мин художник уонна музыкант буолуохпун баҕарар этим. Төрөппүттэрим үөрэппит сиэр-майгы нуормаларын умнан барбытым. Иллэҥ кэммин барытын аралдьыйыыга ыытар этим. Холобур, хас да кыыһы кытта көссүүлэһэр этим. Ол эрээри музыка, искусство уонна кыһалҕата суох олох миэхэ дьолу аҕалбатаҕа. Оннооҕор уруһуйдаабыт хартыыналарбар сүрэҕим алмалҕана уонна дьиксиниитэ көстөр этэ. Инникитин туох күүтэрий уонна туохха анаан олоробун диэн мэлдьи долгуйар этим.

Сотору кэминэн миигин долгутар ыйытыыларбар эппиэттэри булбутум. Биир киэһэ үөрэх кэнниттэн биһиги студеннар буолан олорон инники олох туһунан кэпсэппиппит. Манди * диэн студентка кыыс Иегова Туоһута этэ. Ол киэһэ кини миэхэ үчүгэй сүбэ биэрбитэ. Кини эппитэ: «Андреас, ыйытыыларгар эппиэттэри булуоххун баҕарар буоллаххына, Биибилийэни арыйан көр».

Мин биир өттүнэн билиэхпин баҕарбытым, ол эрээри соччо итэҕэйбэтэҕим. Ол да буоллар билэр баҕам кыайбыта. Манди Даниил кинигэтин 2-с баһыттан өтө көрүүнү көрдөрбүтэ. Мин ону ааҕан олус соһуйбутум. Онно былыр-былыргыттан билиҥҥээҥҥи диэри бэйэ-бэйэлэрин солбуйсар аан дойдуну салайар державалар тустарынан этиллэр. Ону таһынан Манди киһи-аймах инникитин туһунан Биибилийэ өтө көрүүлэрин миэхэ көрдөрбүтэ. Миигин долгутар ыйытыыларбар эппиэттэри хантан булары дьэ өйдөөбүтүм! Инникитин туох буолуохтааҕын ким чопчу көрдөрүөн сөп этэй? Ама Таҥара баар эбит дуо?

БИИБИЛИЙЭ МИН ОЛОХПУН ХАЙДАХ УЛАРЫППЫТАЙ

Манди миигин Хорст уонна Ангелика диэн ааттаах кэргэннии Иегова Туоһуларын кытта билсиһиннэрбитэ. Кинилэр миигин кытта Биибилийэ үөрэтиитин саҕалаабыттара. Иегова диэн Таҥара аатын мэлдьи туттар уонна дьоҥҥо арыйар соҕотох тэрилтэнэн Иегова Туоһулара эрэ буолалларын өйдөөбүтүм (Айыллыы 22:14 *; Матфей 6:9). Мин Иегова Таҥара сири ырайга кубулутан хаһан да бүппэт олоҕу дьоҥҥо бэлэхтиэн баҕарарын билбитим. Саалтыыр 36:9 маннык этиллэр: «Айыы Тойоҥҥо эрэнээччилэр сири бас билиэхтэрэ». Таҥара нуормаларын тутуһан олоруон баҕалаах хас биирдии киһиэхэ маннык кыах баарын билэммин олус сөбүлээбитим.

Ол гынан баран олохпун уларытарга миэхэ чэпчэкитэ суох этэ. Музыкаҕа уонна искусствоҕа ситиһиилэнэн бэйэбин улаханнык сананар этим. Ол иһин мин, бастатан туран, сытыары майгылаах буоларга үөрэниэхпин наада этэ. Эбиитин миэхэ содур олоҕу хаалларарга ыарахан этэ. Биибилийэ нуормаларын тутуһа сатыыр дьоҥҥо тулуурдаахтык, аһыныгастык уонна өйдөөн сыһыаннаһарын иһин Иеговаҕа олус махтанабын!

18 сааспар диэри мин коммунизм уонна атеизм идеяларынан иитиллибитим. Оттон билигин Биибилийэнэн сирдэтинэн олорорго быһаарынным. Миигин инникитин туох күүтэриттэн долгуйбат буоллум уонна олох туох суолталааҕын биллим. 1993 сыллаахха сүрэхтэнэн Иегова Туоһута буолбутум. Оттон 2000 сыллаахха Иеговаҕа сулууспалыыр Табита диэн ааттаах христианканы кэргэн ылбытым. Биһиги Биибилийэ туохха үөрэтэрин туһунан дьоҥҥо кэпсээри элбэх бириэмэни ыытабыт. Үтүө сураҕы тарҕата сылдьан урут бэйэм курдук коммунизм уонна атеизм үөрэхтэринэн олорор үгүс дьону көрсөбүт. Мин оннук дьону Иегованы кытта билсиһиннэрэрбин сөбүлүүбүн.

МИН ОЛОҔУМ ХАЙДАХ ТУПСУБУТАЙ

Мин Иегова Туоһуларын кытта Биибилийэни үөрэтэн саҕалаабыппар төрөппүттэрим ону олох сөбүлээбэтэхтэрэ. Онтон Иегова Туоһулара миэхэ үчүгэйдик дьайалларын көрөн санааларын уларыппыттара. Кинилэр билигин Биибилийэни ааҕаллар уонна Иегова Туоһуларын көрсүһүүлэригэр сылдьаллар. Мин онтон олус үөрэбин.

Табита биһикки Биибилийэ сүбэлэрин тутуһар буоламмыт олус дьоллоохтук олоробут. Холобур, бэйэ-бэйэҕитигэр бэриниилээх буолуҥ диэн сүбэ биһиэхэ олус көмөлөһөр (Еврейдэргэ 13:4).

Билигин миигин кэскиллээх олох күүтэр диэн эрэллээхпин. Мин аан дойдутааҕы иллээх-эйэлээх уонна биир санаалаах духуобунай дьиэ кэргэннэммиппиттэн олус үөрэбин. Манна биһиги бары тэҥмит. Мин сүрэҕим куруук оннукка талаһар этэ уонна ону мэлдьи баҕарар этим.

^ 12 абз. Аата уларыйда.

^ 15 абз. Айыллыы кинигэтин сыһыарыытыгар баар быһаарыылаах тылдьыт көрдөрөрүнэн, 123 страница (БРУо, 2012) «Йахве: Эргэ Кэс тыл кинигэтигэр Таҥара тус аата». Йахве — Иегова диэн Таҥара аатын биир көрүҥэ.