8 ЫРЫА
Иегова суон дурдам
1. Иегова халыҥ хаххам,
Итиэннэ суон дурдам.
Биһиги күүспүт-уохпут,
Күнүскү сырдыкпыт.
Кини бэриниилээхтэри
Хаххалыы, бүөбэйдии сылдьыа.
Биһиэхэ чиҥ куйахпыт,
Киил мастыы бөҕө тирэхпит.
2. Өстөөхтөр сууллуохтара
Ону бэйэҥ көрүөҥ.
Биһириир чугас дьонун
Таҥара быыһыаҕа.
«Хаһан да хаалларыам суоҕа,
Куруук аттыгар буолуом», — диир.
Киниэхэ чугаһааммын
Дуоһуйуом, күүс-уох ылыныам.
3. Иегова быыһабылбыт
Өлүүлээх сутултан.
Доҕуурга киирбэт гына
Араҥаччылыаҕа.
Иһиирэ көтөр бүргэс ох
Эйигин суулларыа суоҕа.
Эн Күүстээх Аар Тойонуҥ
Дьиҥнээх харысхалыҥ буолуо.
(Ону таһынан Саал. 96:10; 120:3, 5; Ис. 52:12 көрүҥ.)