56 ЫРЫА
Дьиҥ кырдьыгы тал
1. Туохтан да күндү, чаҕыл уоттаах дьиҥ кырдьык.
Бу суолу Таҥара ыйбыта.
Кини сүбэтин сыыска-буорга тэпсимэ,
Мэлдьитин итэҕэллээх буол.
ХОС ЫРЫАТА
Дьиҥ кырдьыгы тал,
Бэйэҥ олоххор туһан.
Биэриэҕэ үөрүү-көтүү Иегова.
Бу эн суолуҥ буолуохтун.
2. Кыһамньылаахтык күүскүн-уоххун биэрэргин
Халлаантан Көрөөччү умнубат.
Сиэрдээх быһыыгын хайаан да алгыстыаҕа.
Бараммат олоххо тиийиэҥ.
ХОС ЫРЫАТА
Дьиҥ кырдьыгы тал,
Бэйэҥ олоххор туһан.
Биэриэҕэ үөрүү-көтүү Иегова.
Бу эн суолуҥ буолуохтун.
3. Кини иннигэр кырачаан оҕолорбут,
Бэйэбит дьаһанар кыахпыт суох.
Тэҥҥэ хардыылаан Аҕалыын сиэттиһиэхпит,
Дьол-соргу үктэллэниэхпит.
ХОС ЫРЫАТА
Дьиҥ кырдьыгы тал,
Бэйэҥ олоххор туһан.
Биэриэҕэ үөрүү-көтүү Иегова.
Бу эн суолуҥ буолуохтун.
(Ону таһынан Саал. 25:3; Аман өс 8:35; 15:31; Иоанн 8:31, 32 көрүҥ.)